[go: nahoru, domu]

Иһинээҕитигэр көс

Саат Берен

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бере́н Саа́т (туур. Beren Saat; 1984 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр төрөөбүтэ, Анкара, Турция) — турок омугун биллиилээх киинэ артыыһа.

2013 GQ Turkey кинини "Сыл бастыҥ дьахатара" диэн тутулунан наҕараадалаабыта.

Берен Саат 1984 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр Анкараҕа төрөөбүтэ: аҕата — Хюсейн — футболист, ийэтэ — Айла — учуутал. Джем диэн аатаах бииргэ төрөөбүт убайдаах (1979 г.р). Берен Анкара куорат TED Үрдүкү колледжыгар үөрэммитэ. Ол кэнниттэн Анкара Bilkent университетыгар менеджмент идэтин баһылаабыта. .

Берен ырыанан тойугунан үлүһүйэр, испан уонна ааҥыл тылларына холкутук кэпсэтэр. Берен «Турция Алмааһа» диэн бочуоттаах титулу сүгүөн сүгэр.

Берен өссө устудьуоннуу сылдьан саҥа саҕалыыр артыыстар куонкурустарыгар кыттан барбытта. Tomris Giritlioğlu’nun brother диэн ааттаах биир оннук куонкуруска кыттан кыайан баран, Берен турок тэлэбиидэнньэтигэр аан бастакы оруолун ылбыта. Ол кэнниттэн тэлэбиидэнньэ араас сэрийээллэригэр араас таһымнаах оруоллар кэлэн барбыттара. Ол гынан баран Берен саамай улахан ситиһиитэ киниэ «Запретная любовь» сэрийээлгэ Бихтер оруолун толорубутун кэннэ кэлбитэ. Сэрийээл Бихтер уона Бехлюл диэн эдэр дьон кистэлэҥ тапталларын туһунан кэпсиир. Ити оруолу оонньоон кини Турции биир саамай бастыҥ наҕараадатын «Золотая бабочка» бириэмийэни ылбыта. Буолаары буолан 2009 уонна 2010 сыллардаахха.

Берен бэйэтэ этэринэн кини Эфе диэн таптыыр уоллаах эбит. Ол эрээри кини үгүс сыл бииргэ сылдьыбыттарын кэннэ өлбүт. Ол и;ини онтон курутуйан өр кими да таптаабат. Арай 2007 сыллаахха Бюлент Иналлыын (артыыс) ыал буолан олоро сылдьыбыттара. Ол эрээри арахсыбыттара.

Берен 2014 сыллааха Кенан Догулу диэн турок ырыаһытыгар ойох тахсыбыта. Уруулара Лос-Анджелес куоракка буолбута .

https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%B0%D0%B0%D1%82,_%D0%91%D0%B5%D1%80%D0%B5%D0%BD

https://www.kinopoisk.ru/name/802321/