[go: nahoru, domu]

Иһинээҕитигэр көс

Симпсоннар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

«Си́мпсоннар» (ааҥл. The Simpsons) — саамай уһун американскай мультсериал, 28 сезоннах уонна 30 сезоҥҥа диэри уhатыллыбыт.

Бастакы «Good night» диэн ааттаах мини-сиэрийэтэ «Трейси Ульман шоута» биэриигэ 1987 сыллаахха муус устар 19 күнүгэр көрдөрүллүбүт. Мультсериал толору сиэрийэлэрин 1989 сыллаахха ахсынньы 17 күнүттэн FOX каналга көрдөрбүттэр. Студия «Gracie Films» таhаарар кинокомпанияга «20th Century Fox». Билигин мультсериалы 100-тэн тахса дойдуга билэллэр.

Элбэх сатиралаах, элбэх клишены уонна стереотибы күлүү гынар мультсериал, «орто американец» олоҕун-майгытын үгэргээн кэпсиир.

«Таймс» сурунаал 1998 сылга «Симпсоннары» XX үйэ бастыҥ телевизионнай сериалынан ааттабыт. 27 от ыйын 2007 сылга полнометражнай версиятын премьерата «Симпсоннар киинэҕэ» диэн аатынан тахсыбыт.